Эуразия — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Эуразия

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эуразия — сир саарын улахан материга. Иэнэ - 54,759 мөл км². Ити Африканы уонна Хотугу Американы холбуу ылбыкка тэҥнэһэр, кураанах сир бүтүннүүтүн 1/3 ылар. Аан дойду нэһилиэнньэтин 70% тахса киһи олорор, нэһилиэнньэтин ахсаана 5 млрд тахса. Евразияҕа сир саарын саамай үрдүк хайата Джомолунгма (Эверест), саамай улахан күөл Каспий байҕала, саамай дириҥ күөл - Байкаал, саамай улахан иэннээх Тибет хайата, саамай улахан Арабия тумул арыыта, саамай улахан географиктааҕы уобалас - Сибиир, кураанах сир саамай намыһах туочуката - Өлбүт муора намтала. Евразияҕа сир саарын саамай тымныы полюһа - Өймөкөөн бааллар.

Эуразияҕа, арыыга турар дойдулары кытта аахтахха 94 дойду баар: (Акаары ба5ыйытык уларытыллыбыт дии санаабаккыт дуо?)